Новости

Өспөххө «Кубок знатоков наслега» өркөн өй күрэҕин кэрэхсэбиллээх түһүмэҕэ түмүктэннэ

Өспөх нэһилиэгин бибилэтиэкэтин көҕүлээһининэн иккис сылын ситиһиилээхтик ыытыллар «Кубок знатоков наслега» интеллектуальнай оонньуу биир саамай күүтүүлээх уонна дириҥ ис хоһоонноох түһүмэҕэ түмүктэннэ. Бу сырыыга өркөн өйдөөхтөр «Ыһыах, Саха норуотун үгэстэрэ» диэн төрүт култуурабытын, өбүгэбит үйэлээх үгэстэрин, сиэрин-туомун хабар киэҥ хайысхалаах тиэмэҕэ билиилэрин тургуттулар.

Уопсайа күрэххэ нэһилиэк тэрилтэлэриттэн уонна көхтөөх олохтоохторуттан түмсүбүт, түөртүү киһилээх алта хамаанда күөн көрсө сылдьаллар. Бу тэрээһин уратыта диэн — араас саастаах көлүөнэ дьону: ыччаттары, үлэһиттэри, аҕам саастаахтары биир сыалга түмэн, доҕордоһуу, билии-көрүү эйгэтин тэрийэринэн буолар.

Хас биирдии хамаандалар саха төрүт бырааһынньыгын — Ыһыах тутулун, итэҕэлин, алгыстарын, өбүгэ оонньууларын уонна үгэстэрин төһө дириҥник билэллэрин көрдөрдүлэр. Хас биирдии ыйытыыга хоруй көрдөөһүн олус тыҥааһыннаахтык уонна сомоҕолоһуу тыыныгар ааста. Кыттааччылар өркөн өйдөрүн сытыылаан эрэ кэбиспэккэ, бэйэ-бэйэлэриттэн сонун чахчылары истэн, билии хаһаастарын байыттылар. 

«Кубок знатоков наслега» күрэх салҕанар, иннигэр өссө да умсугутуулаах саҥа түһүмэхтэр, өй-санаа чаҕылхай тургутуулара күүтэллэр! Бары хамаандаларга салгыы ситиһиини,  кыайыылары баҕарабын!

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Оспехская сельская библиотека- филиал №14 входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»