Новости

Олоҥхо алыптаах эйгэтэ-кырачаан көрөөччүлэр сүрэхтэригэр

Саха киһитин сүдү баайа, өркөн өйүн чыпчаала буолбут Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Өспөх нэһилиэгэр,«Сайдам» КСК , Олохтоох бибилэтиэкэ, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна нэһилиэк олохтоохторо көхтөөхтүк түмсэн, уһуйаан кырачаан иитиллээччилэригэр умнуллубат кэрэ бэлэҕи ууннулар. Ол курдук, улуу суруйааччыбыт Былатыан Ойуунускай аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан кылгатыллыбыт, оҕо өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. 

Бу күн кырачааннар аптаах олоҥхо дойдутугар айаннаатылар. Саха мааны таҥастаах, дьоһун көстүүлээх олоҥхо дьоруойдарын чаҕылхай мөссүөннэрин харахтара уоттанан, олус сэргии көрдүлэр. Орто дойду көмүскээччитэ хорсун бухатыыр сүрүн-күүһүн, кэрэ нарын айыы кыыһын үтүө майгытын сөҕө-махтайа көрдүлэр. Дьүһүйүү устата куту-сүрү тутар дьикти кылыһахтаах олоҥхо ырыаларын налыччы олорон, тыас таһаарбакка эрэ улахан дьоннуу болҕойон иһиттилэр. Оҕолор чаҕылхай харахтарыттан, үөрбүт мичээрдэриттэн өбүгэбит үйэлээх тыына үүнэр көлүөнэ сүрэҕэр тиийбитэ чуолкай көһүннэ.

Оҕону кыра сааһыттан төрөөбүт тылыгар, өбүгэбит сиэригэр-туомугар уонна үйэлээх үгэһигэр уһуйарга маннык тэрээһиннэр туһалара улахан.

Сахабыт олоҥхото өрүү тыыннаах буоллун, маннык сырдык, кэрэ түгэннэр үксүү турдуннар!

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Оспехская сельская библиотека- филиал №14 входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»